Санкт-Петербургская общественная организация "Общество памяти игумении Таисии"
Праволавная литература, богословие, богослужебные книги, акафисты
191144
Россия
Санкт-Петербург
Санкт-Петербург
ул Кирилловская, 11
+7 (812) 710 37 30
Назад в раздел
И.А. Глухов


И.А. Глухов

Иван Александрович Глухов (1927–1999) Тульскай уобалас Суворовскай оройуонун Кулешево сэлиэнньэтигэр бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, православнай итэҕэл тыынынан иитиллэн, холку, үлэһит, дьоҥҥо үтүө санаалаах киһи буола улааппыта. Кини киһи быһыытынан сайдан-үүнэн тахсарыгар олоҕун тухары эйэҕэстик таптаабыт, ытыктаабыт ийэтэ Евдокия Сергеевна улаханнык сабыдыаллаабыта.  30–с сс. дьоно Москваҕа көһөн кэлбиттэрэ, онно Иван 1945с. оскуоланы, оттон 1948с. тутуу техникумун бүтэрэн, Москватааҕы олох-дьаһах салалтатыгар технигынан үлэлээбитэ. Кини Алексеевскай сэлиэнньэ Тихвинскэй таҥара дьиэтигэр көтүппэккэ сылдьара, алтаарга  сулууспалыыра. 

И.А. Глухов таҥара үөрэҕин баһылыыр баҕаттан, 1951с. Москватааҕы Духовнай семинарияҕа үөрэнэ киирэн баран, 1955 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик түмүктээн, Москватааҕы Духовнай академияҕа быһа киирэр уонна 1959с.  таҥара тылын (богословия) кандидата таһымын көмүскүүр. Кини дипломнай үлэтин «Дьай уонна дьай көстүүлэрин туһунан Христианскай үөрэх» диэн тиэмэҕэ суруйбута. Академия Сэбиэтин быһаарыытынан, И.А. Глухов профессорскай стипендиат уонна иниспиэктэр көмөлөһөөччүтүнэн Академияҕа хаалбыта. Кини семинарияҕа катихизиһы, Нуучча Таҥара дьиэтин историятын, оттон 1972с. Академияҕа секта үөрэҕин уһуйбута. Бу сыл кини дассыан аатыгар бигэргэтиллибитэ.

И.А. Глухов үлэтин-хамнаһын иһин, сибэтиэй кинээс Владимир аатынан III истиэпэннээх, преподобнай Сергий Родонежскай аатынан II уонна III истиэпэннээх уордьаннарынан уонна Патриаршай грамотанан наҕараадаламмыта. Кини 1995с. Сибэтиэй Сиргэ баран үҥэн кэлбитэ. И.А. Глухов олоҕун тиһэх сылларыгар Москватааҕы Бары Сибэтиэйдэр Храмнарыгар сылдьара, өлбүтүн кэннэ быраһаайдаһыы бу Храмҥа ааспыта. Иван Алескандрович Благовещенскай сэлиэнньэтигэр көмүллэн сытар.

И.А. Глухов бигэ билиини ситиһэр уонна эксээмэни кытаанахтык тутар ирдэбиллээх уһуйааччы быһыытынан биллибитэ. Ол курдук, Ытык Суруллуу сүүһүнэн тойонноон этиитин нойосуус билиэххэ наада этэ. Кини Семинария маҥнайгы кууруһугар үөрэтэр православнай олоҕу көрүү саамай төрдө, олохтонуутун сүнньэ буолбут Катихизис уруогун үөрэнээччилэр сөбүлээн истэллэрэ. Катихизиһы биллэххэ, атын уруоктары үөрэтэргэ быдан чэпчэки буолара. Үөрэнээччилэр кини уруогун ыарахан олоххо холкутук үктэниэххэ сөптөөх суол быраабылатыгар тэҥнииллэрэ. И.А. Глухов истээччилэрин үтүө майгыга туһаайан, кинилэри Кырдьыкка салайан, дууһаларын Православнай үөрэххэ угуйууну лекциятын сүрүн суолта буоларын билинэрэ. Кини святоотеческай кирбиини туруулаһара, бу ордук экуменистары уонна инославнай конфессиялар бэрэстэбиитэллэрин кытта кэпсэтиигэ биллэрэ. И.А. Глухов лекциятын истибит дьон бары махтанан туран, кинини дириҥ билиилээх, билиитин барытын устудьуоннарга тиэрдэ сатыыр уһулуччулаах уһуйааччы, болҕомтолоох уонна аламаҕай киһи  быһыытынан ахталлар.

Ааҕааччыга анаммыт «Православный катихизис» православнай итэҕэли тутуһууну билиигэ толору ыйыы-кэрдии, ону тэҥэ итэҕэл, эрэл уонна таптал  туһунан үөрэҕи өйдөтүү буолар. Христианскай итэҕэл туһунан үөрэх кылгастык Итэҕэл символыгар ахтыллан ааһар. Онно, фокуска курдук, христианство сүрүн кырдьыга барыта түмүллэ сылдьар. Христианскай эрэл туһунан үөрэх мэлииппэлэргэ, чуолаан «Отче наш» Таҥара мэлииппэтигэр уонна дьолунан дуоһуйуу Кэриэстэригэр, ахтыллар. Христианскай таптал туһунан үөрэх Таҥара Сокуонугар эбэтэр Десятисловиеҕа ахтыллар.

И.А. Глухов «Православнай катихизиһа» айыы аналлаах айымньыларга сөп түбэһиннэриллибит, ааҕааччытыгар Православие төрүттэрин уһугуннарар уонна өйдөтөр дьиҥ баҕатын, ону тэҥэ  ааптар киһи быһыытынан уратытын, кини Таҥараҕа итэҕэлин, эрэлин уонна тапталын көрдөрөр Православие  төрүттэрин үөрэтии буолар.



Другие книги этой категории:

  • English English
    Orthodox Catechism
     
  • Deutsch Deutsch
    Orthodoxer Katechismus
     
  • Italiano Italiano
    La Catechesi ortodossa
     
  • Español Español
    El Catecismo Ortodoxo
     
  • Svenska Svenska
    Den Ortodoxa Katekesen
     
  • Suomi Suomi
    Ortodoksinen katekismus
     
  • Български Български
    Православен катехизис
     
  • Magyar Magyar
    Pravoszláv katekizmus
     
  • Ελληνικά Ελληνικά
    Ορθόδοξη κατήχηση
     
  • Română Română
    Catehismul ortodox
     
  • Eesti Eesti
    Õigeusu katekismus
     
  • Українська Українська
    Православний катихiзiс
     
  • Беларуская Беларуская
    Праваслаўны катэхізіс
     
  • ქართული ქართული
    მართმადიდებლური კატეხიზმო
     
  • հայերեն հայերեն
    Ուղղափառ կատախիզիս
     
  • Azərbaycan Azərbaycan
    Pravoslav katixizisi
     
  • Лезги Лезги
    Православидин катихизис
     
  • Нохчийн Нохчийн
    Керстанан катихизис
     
  • Қазақ Қазақ
    Православилік катихизис
     
  • Кыргыз Кыргыз
    Православ катихизис
     
  • Чӑваш Чӑваш
    Православи катехизисĕ
     
  • Татар Татар
    Православие катихизисы
     
  • Башҡорт Башҡорт
    Православие ҡатихизисы
     
  • Буряад Буряад
    Үнэн алдарта шажанай катихизис
     
  • kalmyk kalmyk
    Үнн алдртын сурһалин чимг
     
  • Саха Саха
    Православнай катихизис
     
  • فارسی فارسی
    اصول و تعاليم مسيحيت ارتدوكس
     
  • 한국어 한국어
    정교회 교리서
     
  • Việt Việt
    Sách giáo lý Chính thống giáo